Примечание: | В.И. Иванов – Чиллэ 1950 сыл алтынньы 4 күнүгэр Ньурба улууһун Хорула нэһилиэгэр төрөөбүтэ. 4 сааһыттан аҕатын истэн, үтүктэн туойар идэлэммитэ. Оскуолаҕа үөрэнэр сааһыгар олохтоох норуот ырыаһыттара Е.М. Иванованы, Е.Е. Ивановы, А.К. Сымытованы умсугуйан истэрэ, бэйэтэ дьон иннигэр ыллыыр-туойар буолбута, кыралаан айарын-хоһуйарын саҕалаабыта.
“Күннүк сиртэн көстөр күөнэ көҕөччөр аттаах Күн Күбээдьэ бухатыыр”(2000 с., 3128 строка) – В.И. Иванов аан бастакы айымньыта. Бу олоҥхону кини биир дойдулааҕа Сергей Тимофеев Чочанов – Кылгас Сэргэйи истибититтэн утумнаан таһаарбыт. Салгыы “Ороһулаан төрөөбүт орулуос дохсун сырыылаах, сүүһүгэр туоһахталаах кыһыл ала аттаах Оҕо Туйгун бухатыыр” (2001 с., 2080 строка), “Дьулусханнаах дьуруо маҥан халлаан улуу дьураатыгар тура төрөөбүт барылаччы кистиир бар дьаҕыл аттаах Баадьа Баатыр бухатыыр” (2001 с., 5000 строка), “Буурҕа-силлиэ аргыстаах, чуккулаах атахтаах бороҥ ала аттаах Болдьумаар Боотур бухатыыр”, “Алысханнаах алыа маҥан халлаан үөһээ хаттыгаһыгар тура төрөөбүт добун-дохсун сырыылаах маҥан ала аттаах хорсун-хоодуот Хорула Боотур бухатыыр” (2003 с.), “Күпсүйэ көтөр күүстээх-уохтаах ходоҕойдоох хорсуна ала тойон көлөлөөх, күлүмэх күүстээх Күнээх Боотур” (2004 с., 4000 строка), “ Үс бүтэйи үрдүнэн көстөр үүт маҥан аттаах, мүлүрүйбэт өргөстөөх Мүлдьү Бөҕө” (2005 с., 7000 строка) диэн олоҥхолордоох. Тэттик кээмэйдээх “Үрүҥ туллук курдук туус маҥан аттаах күүстээх-уохтаах Алекс” диэн 2500 строкалаах олоҥхотун оскуолаҕа үөрэнэ сылдьан сырдык тыына көтүмэх-күлүмэх санаалаах дьон сиэрэ суох быһыыларыттан быстыбыт сиэн быраатын аһыйан, уйадыйан айбыт айымньытын ТЛИНЧИ специалиһыгар Н.А. Дьяконоваҕа уһултаран архыыпка туттарбыта.
Василий Иванович фольклористары кытта ыкса ситимнээхтик үлэлиир. 2005 с. “Кыталык” КК үлэһитэ Р.Н. Николаева, энтузиаст фольклору хомуйааччы В.С. Лосотов, ГЧИ аспирана А.А. Дмитриева кини олоҥхотун устубуттара. Онтон 2007 сыллаахха ГЧИ научнай сотруднига Н.А. Дьяконова В.И. Иванов – Чиллэ уонна Н.Ф. Осипов – Чоомуут олоҥхону толорууларын устубута. Маны сэргэ, 2011 сыл атырдьах ыйыгар Олоҥхо институтун экспедицията Ньурба Мархатыгар тиийэн, икки күн устата Чиллэ Баһылай 3 үйэлээх «Хорула Боотур» олоҥхотун устубуттара.
В.И. Иванов Ньурба олоҥхоһуттарын төрүт үгэстэрин ыһыктыбакка сылдьарын бэлиэтиир тоҕоостоох. Холобур, былыр олоҥхо киэҥ далааһыннаах, түгэҕэ биллибэт далайыгар киирээри олорон, олоҥхоһут “уос аһар тойуктаах”, онтон бүттэҕинэ “кутурук салайар ырыалаах” буолара. Чиллэ Баһылай олоҥхолуон иннинэ, хайаан да сөбүлүүр ырыатын-тойугун толорон, “хоммут уоһун хоҥнорор” идэлээх.
Билиҥҥи дьон бары үөрэхтээҕэ, сатаан ааҕара-суруйара аныгы олох сокуона, ирдэбилэ да буолла. Онон Василий Иванович олоҥхолорун бэйэтэ илиинэн суруйар. Ол эрээри, ити олоҥхолорун тылынан, өйүттэн эмиэ толорор. Ол толорбутун фольклористар хаста да уhуллулар. «Хорула Боотур» олоҥхону Чиллэ Баһылай бэйэтэ эт илиитинэн суруйбут. Ол гынан баран, төhө баҕарар тылынан толорор кыахтаах.
(Из статьи Кузьминой А.А. "В.И. Иванов - Чиллэ и его олонхо "Хорула Боотур"")
|